Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Сэргэй и Антон - Сэргэлээх уопсайа | Текст песни

«Сэргэлээх уопсайа» Сэргэй & Антон

1. Үчүгэй да кэмнэргэ
Биһиги үөрэнэбит
Ол кэрэ да киэһэҕэ
Мин эйигин көрүстүм

Хос ырыата:

Долгуйар дьоллоох
Дьокуускай куоратым
Сэргэлээҕим уопсайын
Кэрэ да киэһэлэрэ
Мин сүрэхпэр иҥэн хаалбыт
Эн күлбүт истиҥ мичээриҥ
Мин ситэ билбэтэх кыыһым
Бу ырыабар ылланаҕын.

2. Сыл - хонук диэн этэллэр
Кырдьаҕастар өрүүтүн,
Эдэр сааспыт кэмнэрэ
Түргэнник да аастылар

Хос ырыата.

3. Эн тоҕо эмиэ куруук
Мэлдьи долгун уу курдук
Тоҕо бу ырыа мэлдьи
Эйигин эрэ санатар

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-