1. Саҥа дьыл үүнүөхтээх түүнүгэр
Эн биhи иккиэбит, иккиэбит
Хас сулус үөрүүлэээх тырымар
Саҥа дьол мөссүөнүн таайабыт
Өрүү күөх харыйа түүнүгэр
Yйэлээх тапталга бэриниэх
Х/ы Саҥа дьыл саҥа дьыл ып-ыраас хаарга
Кэккэлии суоллары хаалларыа
Өрүү күөх харыйа түүнүгэр
Yйэлээх тапталга бэриниэх
2. Сүрэхтэн алыптаах дорҕооннор
Сүhүөххэ охсулла тарҕыллар
Yйэ саас уостубат үөрүүлэр
Yрдүктэн үрдүккэ тиэрдэллэр
Өрүү күөх харыйа түүнүгэр
Yйэлээх тапталга бэриниэх
3. Бу сиргэ тапталтан дьоллонор
Дууhаттан дууhаҕа тардыhар
Бу курдук истиҥник санаhар
Эн биhи эрэ баар курдукпут
Өрүү күөх харыйа түүнүгэр
Yйэлээх тапталга бэриниэх
Уля Сергучева & Игорь Егоров еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2