Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Чолбон - Эн хотойгун | Текст песни

Эн хотойгун, эн улуугун,
Эн барытын үөhэттэн көрөҕүн,
Сүрдээхпин дэнэҕин.
Күнүм үүнэн,
Тыыллан түhэн,
Бу дойдуга киэптээн сылдьарын
Түмүгэ туохханый?

Көрдүүбүн олохпор
Сулуспун, аналбын, аартыкпын дэнэргин
Туораттан саарбахтаан көрөбүн.

Эн эт эрэ
Бу дойдуга илдьэ сылдьар
Сүрүн санааҕын,
Ис дьиҥнээх толкуйгун?
Хайдах буолан, тугу гынан
Күн сиригэр үөскээҥҥин Эн,
Туhалыах буоларгын?

Көрдүүбүн олохпор
Сулуспун, аналбын, аартыкпын дэнэргин
Туораттан саарбахтаан көрөбүн.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-