Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ый кыыhа - Уонна хайаан | Текст песни

Мин умайар уоһум сылааһын эн билбэтэҕиҥ,
Мин кууһар илиим куйааһыгар эн сыраллыбатаҕыҥ,
Мин ыралаах сүрэҕим ырыатын эн истибэтэҕиҥ,
Мин иэйэр кутум сыдьаайыгар эн сайдарбатаҕыҥ.

Хос ырыата:

Уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?

Мин эйиэхэ талаһыым сүрэхпэр сөҥмүтэ,
Мин эйиэхэ ахтылҕаным түөспэр куулайбыта,
Мин эйиэхэ баҕарыым быарбар умайбыта,
Мин эйиэхэ тапталым тугу барытын тулуйбута.

Уонна хайаан, уонна хайаан мин эйиигин умнуомуй
Уонна хайаан, уонна хайаан мин эйиигин тумнуомуй?

Уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?

Уонна хайаан, уонна хайаан мин эйиигин умнуомуй
Уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин тумнуомуй

Ый кыыhа еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -