Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Юрий Платонов - Ыҥыраар эн миигин | Текст песни

Куотума миигиттэн, куотума
Кыбыстан ыраата хаамыма,
Эн билий мин эйиигин эрэ
Астына саныырбын, астына
Сэрэнэ көрөбүн, сэрэнэ
Эн кэрэ бэйэҕин, эн кэрэ
Кыбыстан урталан тураммын
Этиэхпин кистиибин мин санаабын

Ыҥыраар эн миигин сарсын сарсыарда
Сүрэхпинэн үөрэн тиийиэм
Ыҥыраар эн миигин түүннэри
Ыйдана доҕордоох тиийиэҕим
Ыҥыраар эн миигин сарсын сарсыарда
Сүрэхпинэн үөрэн тиийиэм
Ыҥыраар эн миигин түүннэри
Ыйдана доҕордоох тиийиэҕим
Мин...Тиийиэҕим мин…

Харахпын симэбин, саныыбын
Эйиигинниин үөрбут күннэрбин
Ис дүүһаттан үөрэн кэлэрбин
Эн сырдык мичээргин көрдөрбүн
Истэбин чуумпуга сытаммын
Долгуйар сүрэҕим тэбэрин
Мин ааммын арыйан киирэргин
Харахпар ойуулан мин көрөбүн

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-