Нарын кэрэ - Таман
Am..........................
Маҥан таҥас кэтэҥҥин
C...............................
Бүгүн мааны да кыыскын,
G.........................
Yрүмэччи буолаҥҥын
F..............................
Yргэн көтүөх курдуккун.
Истиҥ иэйии кынаккын
Эн иилиммит эбиккин,
Мэлдьи кэтиир сүрэхпин
Илэ көтөн кээспиккин.
хос ырыата:
Am.....................C..
Нарыйаана Нарын Куо
..............................G...
Намтан сылдьар этиҥ дуо?
....................F...
Кэрэчээнэ Кэрэ Куо
........................Am..
Кэбээйиттэн этиҥ дуо?
Айталыына Айыы Куо
Амма кыыhа этиҥ дуо?
Саргылаана Саргы Куо
Сааскылаахтан этиҥ дуо?
Одуулуурбун сэрэйэн
Чугаhаан да кэлбэккин,
Сибэккилии тэтэрэн
Сэмэй нарын килбиккин.
Таарыйбакка дугуйан
Лыахтан атын дайбаккын,
Кыталыктыы кынтайан
Кыраhыабай да кыыскын.
иккис вариант
куплет/хос ырыата: Em G D C
Якутская песня Таман & DJ.Evenkiller еще тексты
Другие названия этого текста
- Таман & DJ.Evenkiller - Нарын кэрэ(Омук уолун Тыллара,Антон Иванов мелодиката) (0)
- Якутская песня Таман & DJ.Evenkiller - Нарын кэрэ (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2