Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Jeada - Күhүн уонна кини | Текст песни

Күн курдук күлүмүрдүүгүн
Мин эйигинэ суох сиргэ олоруом этэ дуо
Кими эмитэ мин таптыам этэ дуо
Астын этэр тылбын
Мин баарбын таскар аныгыс сааска диэри
Сүрэҕим сылааhын эйиэхэ биэриэм
Умнуом дуо эн мичээргин
Эбэтэр эн хараҕын уутун умнуом
Олохпут тупсуо оспот баас диэн суох
Билэҕин мин эйигин эрэ күндүттэн күндүтүк саныыбын
Саhарбыт сэбирдэхтэри тамнааттыыр күhүҥҥү тыалбын
Өйдүүгүн мин эмиэ эн аттыгар
Ол дьикти иэйии кэм аны эргиллибэтин
Билэн туран умнуом дуо эйигин
Мин саныыр санаам салгыта илик
Саппаҕырбат сыала эйигиттэн күрэтэн
Илдьэ барыам уларытар тыалы
Билигин арай күhүн эрэ баар
Мин таспар мин аттыбар икки сүрэх аны таптаспат
Ити барыта ааспыт алҕастар
Түннүк нөҥүө самыыр бүгүн ардыыр
Эн бардын букатын инник барар миигиттэн
Күhүн күлүмүрдээн хаhыс да hылын…

Күhүн сүтэр
Эн тускунан миэхэҕэ тугу да эппэккэ
Оргууй үҥкүүлүүр
Инник барар миигиттэн
Күhүн күлүмүрдээн
Хаhыс да hылын…

Суох мин таптал таабырынын таайарбар тиийбэтим
Эйигиттэн өссө да кистэлэҥнэри күүтэр эбиппин
Бииртэн биир сылтан сыл аайы
Ол кистэлэҥ сулуhум сыдьаайа
Миигин кытары куhуҥҥу тыалга үҥкүүлүү дьаарбайар
Булан ылар тымныы тыалтан истиҥ сыhыан ситимин
Онно эн суоххун баар буолуоххун да сатаммат курдук эбит
Барбыт аны эргиллибэт эн ытаа доҕоруом
Эбэтэр ытаама саатар ыксаама бу күhүҥҥү чуумпуга
Миигинниин буол икки сүрэххэ суол
Тус-туспа тутуспутунан куустуhан сулустарынан аргыстаhан
Олох устун оннук буолбат аны
Эн биhикки икки атын кытыл
Миигин кытта буол самыыр уонна тыал
Билигин арай күhүн эрэ баар мин таспар
Мин аттыбар икки сүрэх аны таптаспат
Ити барыта ааспыт алҕастар
Түннүк нөҥүө самыыр бүгүн ардыыр
Эн бардыҥ букатын
Инник барар миигиттэн күhүн күлүмүрдээн
Хаhыс да hылын


Jeada еще тексты


Видео
    Нет видео
    -
    Оценка текста
    Статистика страницы на pesni.guru ▼
    Просмотров сегодня: 4