Эhиэхэҕэ элбэх тылы эппэппин,
Мин үтүө доҕотторум.
Эр киhилии эркин курдук эрэнэн
Мин чулуу уолаттарым.
Эhигинниин буоллахпына
Сарсыҥҥылаах сананабын,
Дьол кыымнарын туттахпына
Yөрүүбүн үллэстэбин.
Сүүрүктэри өксөйөр да күннэргэ
Биир сүрүнү тутуhан,
Хайалары дабайар да кэмнэргэ
Биир ыллыгы батыhан
Очурдарга охтубакка,
Ыарахантан чаҕыйбакка,
Туппут суолтан туораабакка
Олох устун айанныахха
Х/ы Уруккубун умнубатах буоламмын,
Көнө суол сирдьиттээхпин,
Инникигэ итэҕэллээх буоламмын,
Икки төгүл күүстээхпин
2. Эhиэхэҕэ элбэх тылы эппэппин
Мин үтүө доҕотторум,
Эр киhилии эркин курдук эрэнэр
Мин чулуу уолаттарым,
Баҕарабын эhиэхэҕэ
Сарсыҥҥыгыт сандаарыйдын,
Мэлдьи үүнэ-сайда туруҥ,
Дьоллоох буолуҥ доҕотторум!
Анатолий Бурнашев еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1