Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Екатерина уонна Алексей Егоровтар - Билинии. ЭТИМЭ | Текст песни

ЭТИМЭ
Александр Дмитриев тыллара

Эн истиий, доҕоччугуом,
Ыллыыр ырыам тылларын,
Эн истиий, доҕоччугуом,
Ахтылҕаным иэйиитин,
Этимэ, этимэ
Быстах ааһар күлүм таптал диэн.

Хос ырыата:

Көрдөһөбүн, үрэйимэ
Таптыыр сүрэх күүрээнин,
Көрдөһөбүн, үргүтүмэ
Дууһам сырдык сүүрээнин.

Мин саныыр санааларым
Толорулар эйигинэн,
Мин ыллыыр ырыаларым
Ананаллар эйиэхэ.
Этимэ, этимэ
Быстах ааһар күлүм таптал диэн,
Этимэ!

Хос ырыата.

Эн эрэ мичээргинэн
Тулам тупсар, киэркэйэр,
Эн эрэ тапталгынан
Дьылҕам миэнэ дьоллонуо.
Этимэ, этимэ
Быстах ааһар күлүм таптал диэн,
Этимэ!

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-