1. Сарсыарда эрдэлээн тураммын
Yрэххэ тиэтэйэ сүүрэбин
Сайынтан эҕэрдэ тутаммын
Yҥкүүлээн дэгэйэ тэбэбин
Хатыҥнар далбаатыы хаалаллар
Тэтиҥнэр дьиэрэҥкэй тэбэллэр
Тиит мастар кууhуохча курдуктар
Иирэллэр эккирии үөрэллэр
Х/ы Айылҕам уhуктар чуораана
Тулабар чуопчаара чугдаарар
Саҥа күн кутуллар сырдыкка
Сайыны уруйдаан сандаарар
2. Сибэкки симэхтээх хонууга
Чэлгийэр күөх сирэм дыргыла
Кытылга үөт талах быыhыгар
Татыйык дьүрүскэн ырыата
Yрэххэ мэниктиир долгуннар
Ханна эрэ тиэтэйэ сырсаллар
Оттон мин эдэркээн сүрэхпэр
Тэтимнээх сүүрээннэр киирэллэр (дука)
Кюннэй Кардашевская еще тексты
Видео
-
Сана Ырыа 2012 Куннэй Кардашевская - Уhуктуу
Сана Ырыа 2012 Куннэй Кардашевская - Уhуктуу ... Куннэй и Saas Ustar - По паре песен с концерта "ИСТИҤ" (Live ... -
Куннэй дьээбэ
Я пою песню hээдьэ hурйа(Куннэй Карандашевская )
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2