"Эдэр сүрэхпин" Мичил
1. Күhүҥҥү халлааҥҥа тыал буоламмын кэлиэҕим
Тулалыыр эйгэҕин оргуйдук эргийиэҕим
Олоҕум салҕанар, ол эрэн күнүм тиийбэт
Саhарбыт хатыҥмар өйөнөммүн хаалыаҕым
Соҕотох тураммын тапталбын кэмсиниэҕим
Сиккиэр тыал буоламмын эйиэхэҕэ кэлиэҕим
Билбэккэ сылдьаҕын мин эйигин суохтуурбун
Билбэккин эн миигин, миигин күүскэ сордуургун
Х/ы Оо, эдэр сүрэхпин
Алдьаттыҥ эн билбэккэҕин
Эрдэттэн билбэтэхпин
Бааhырдаргын эн сүрэхпин
2. Уhуктан тураммын эйигин мин саныыбын
Күөрэгэй буоламмын эн тускунан ыллыыбын
Кыталык лыҥкынас куоласкын сэhэргиибин
Нарын-намчы сылаас эн сымнаҕас илиигин
Былыттыын устаммын эйигин хаххалыаҕым
Күлүгүҥ буоламмын эйигинниин хаалыаҕым
Ардах түhэригэр күhүн кэлэригэр
Син биир эн аттыгар мин өрүү баар буолуоҕум
Мичилࠀ еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1